Кэһимээҕискэй хоһооннорунан «Аанньалым чыычааҕа – күөрэгэй» ырыанньык сүрэхтэннэ
Ааспыт бээтинсэҕэ олохтоох поэт, суруйааччы, мелодист Петр Иванович Горохов-Кэһимээҕискэй 80 сааһыгар аналлаах ахтыы биэчэригэр «Аанньалым чыычааҕа – күөрэгэй» ырыанньык сүрэхтэниитэ буолан ааста. Бу киэһэ улуустааҕы киин библиотекаҕа ааптар чугас дьоно, үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Ырыанньык-кинигэни поэт кэргэнэ Ирина Алексеевна уонна кыра уола Валентин Петрович бу сайын 100 экземплярынан таһаартарбыттара. Кинигэ СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Дьүһүй» ааптарскай ырыа кулуубун салайааччыта, композитор-мелодист Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй быһаччы көмөтүнэн күн сирин көрбүт. Уопсайа 15 ырыа киирбит. 12 ырыаны эбээн бастакы композитора Пантелеймон Старостин нотаҕа түһэрбит. Онтон эбии үс ырыаны Ирина Алексеевна телефоҥҥа ыллаан биэрбитин нотаҕа түһэрэн, таҥастаан-саптаан, редакциялаан, компьютернай, электроннай ситимҥэ киллэрэн, кинигэҕэ тахсарыгар Алексей Кириллович Калининскай бэлэмнээбит.
«П.И. Горохов ырыаларын араас кэмнэргэ айбыта көстөр. Мелодист, бардовскай ньыманан айар, бэйэтин тылыгар матыыптаан, үлэлээбит сирин-уотун, хоту дойдутун олоҕун, дьонун-сэргэтин туойар. Бэйэтэ ыллаан айар буолан, олоҕурбут ыллыыр тоннаах, мелодиялаах, ити бард ырыаһыттарга сыһыаннаах, үрдүк нотаҕа тахсыбат, ыгыллыбат, иэйэн кэпсиир турукка айбыта көстөр. Үксэ биир тэтимҥэ, трехдольнай вальстыы, 3/8, 6/8 размеры тутуһар» — диэн Луҥха Өлөксөй киирии тылга суруйар.
П.И. Горохов-Кэһимээҕискэй биографиятын кэпсээтэххэ маннык: кини 1937 сыллаахха атырдьах ыйын 3 күнүгэр Верхоянскай куоракка төрөөбүтэ. 1947 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Ол кэнниттэн Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн 1961 сылтан 1985 сылга диэри учуутал быһыытынан үлэлээбитэ. Бастаан Саккырыыр оройуонугар Баатаҕай Алыытыгар 3 сыл саха тылын учууталынан үлэлиир. Дьэ, бу сылларга иитээччи быһыытынан уонна айар үлэҕэ дьоҕура биллэрдик сайдар. Оскуолаҕа литературнай куруһуок тэрийэн оҕо бөҕө кыттар, бастакы холонуулар саҕаланаллар. Петр Иванович дэгиттэр айар, тэрийэр дьоҕурдаах буолан, сылдьыбыт, үлэлээбит сирин аайы үгүс үлэни ыытар. Уйаандьыга начальнай оскуолаҕа сэбиэдиссэйдээбитэ, Тумакка 8 кылаастаах оскуола директорынан үлэлээбитэ, Элгэскэ 8 кылаастаах оскуолаҕа директордаабыта. Үлэлээбитин устата пропагандист, агитатор, депутат эбээһинэстэрин толорор. Бүлүүгэ Петр Тобуруокап куруһуогар, Дьааҥыга Моисей Ефимов салайар куруһуогар дьарыктаммыта. Оттон Саккырыырга үлэлиир сылларыгар Семен Никифоров көҕүлээһининэн, литературнай куруһуок салайааччытынан үлэлиир. Элбэх хоһооно оройуон хаһыатыгар тахсар.
Петр Горохов аҥардас хоһоон эрэ суруйар буолбатах, кини бэртээхэй ырыаһыт, баянист, мелодист, кэпсээн эмиэ суруйар этэ. Төһө да 1985 сылтан көрбөт буоллар, айар үлэтин доҕор оҥостон инникигэ эрэллээҕэ. Силээннээх орто оскуолатыгар айар дьоҕурдаах оҕолорго “Силээннээх чэчирэ” диэн түмсүүнү салайбыта. Ол түмүгэр, Силээннээх оскуолатын 75 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах “Үрүйэчээн” диэн оҕолор айымньыларын хомуурунньугун таһааттарбыта. Петр Иванович Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, В.И. Ленин 100 сылыгар аналлаах мэтээл хаһаайына, Силээннээх нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.
Поэт оскуолаҕа өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит доҕоро Афанасий Гаврильевич Гаврильев ахтыы тылыгар: «Петр Гороховы усуйааналар уонна дьааҥылар Эрилик Эристииннэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо дии саныыбын. Сүрдээх эйэҕэс, дьээбэлээх-хооболоох, киһини чуҥкуппат киһи этэ, куруук үөрэ-көтө сылдьара. Кини бу бэһис кинигэтин кэргэнэ уонна уола таһаартарбыттара олус хайҕаллаах. Аҕаларын аатын үйэтиппиттэригэр уонна кини тыыннааҕар ситэрбэтэҕин ситэрэн биэрбиттэригэр биһиги махтанабыт», — диэтэ.
Салгыы тыл литературнай эйгэҕэ бииргэ алтыспыт коллегатыгар Т.А. Протопоповаҕа бэрилиннэ. Татьяна Афанасьевна: «1968 с. үөрэхпин бүтэрэн баран улууска кэлбиппэр Бүөтүр Уйбаанабыһы кытта билсибитим. Онно даҕаны буоларын курдук, общественнай үлэ биһигини булуһуннарбыта. Ол кэмҥэ кини государственнай учреждениелар комсомольскай тэрилтэлэрин сэкирэтээрэ этэ. Мин, бастаан үлэҕэ киирбит киһи быһыытынан, дьону түмүүгэ, дьону кытта сатаан кэпсэтиигэ улаханнык ыарырҕатар этим. Онуоха Бүөтүр Уйбаанабыс миэхэ улаханнык көмөлөспүтэ. Кини дьон убаастабылынан туһанара, хайыы үйэ опыттаах, аата биллэр киһи этэ, ити курдук, комсомол сылларыгар наһаа үчүгэйдик, иллээхтик үлэлээбиппит. Чахчы өрүү күлэ-үөрэ сылдьара, аны тугу эмэ эттэҕинэ олох санаатын төгүрүччү аҕыйах тылынан этэн кэбиһэр дьоҕурдааҕа. Ону билигин санаатахха, поэт буолан оннук эбит. Бүөтүр Уйбаанабыһы кэнники поэт, талааннаах суруйааччы быһыытынан билбитим. Кини айымньылара дириҥ ис хоһоонноохтор, дьикти философскай суолталаахтар. Аны өссө мелодист быһыытынан кэнники ордук үчүгэйдик биллээри гынна. Кэргэнэ Ирина Алексеевна, уола Валентин Петрович сүрдээхтик сыраларын ууран аҕаларын аатын үйэтитэллэр. Бу кинигэ баарын туханы ыччаттар Бүөтүр Горохов диэн кимин билиэхтэрэ», — диэн истиҥник сэһэргээтэ.
«Далбар хотун» ансаамбыл саҥа кинигэҕэ киирбит «Ветераннар эдэрдэр» бэртээхэй ырыаны ыллаан иһитиннэрдилэр. Онон, кинигэ эрэ сүрэхтэниитэ буолбакка, ырыа премьерата бу күн ааста. Маны таһынан бу киэһэ поэт ырыалара ылланнылар. Ол курдук, “Уһуктубут Уйаандьыбар” ырыаны уола Петр Горохов, «Ийэбит эн баарыҥ үчүгэй» уонна “Аанньалым чыычааҕа – күөрэгэй” ырыалары кыра уола Валентин Суздалов толордулар.
Петр Иванович биэс оҕо тапталлаах аҕата, уон түөрт сиэн, икки хос сиэн эһэтэ буолар. Улахан уола Михаил Силээннээх нэһилиэгин культура дьиэтин директора, Россия культуратын туйгуна. Иккис уола Петр — Уйаандьы кулуубун директора. Соҕотох кыыһа Лира элбэх оҕолоох ийэ. Кыра уола Валентин омук тылын учуутала, билигин библиотека үлэһитэ.
Улуустааҕы культура управлениетын салайааччыта А.Н. Болтунов: «Ирина Алексеевна уонна Валентин Петрович тэрийбит хаһыс да дьоро киэһэлэригэр кыттыыны ылабын. Бу иннинэ П.И. Горохов саҥа кинигэлэрин сүрэхтэниитин, эбээн поэта Х.А. Суздалов ахтыы киэһэлэрин үрдүк таһымнаахтык тэрийбиттэрэ. Ол иһин мин кинилэргэ улуус олохтоохторун ааттарыттан дириҥник махтанабын».
Ирина Алексеевна уонна Валентин Петрович чугас дьоннорун үлэлэрин-хамнастарын, олохторун сырдаталлар, ааттарын үйэтитэллэр. Бу олус сыралаах-сылбалаах үлэ. Онон Аполлон Николаевич аны кинилэр авторскай биэчэрдэрин оҥоруохха диэн этии киллэрдэ. Ону таһынан: «Петр Ивановичтыын элбэхтэ алтыспыт киһи буолабын. Кини аҥардас хоһоонньут эрэ буолбатах, мелодист бэрдэ. Олус үчүгэйдик ыллыыра. Кини уолаттара аҕаларын туйаҕын хатараннар, улууска биллэр ырыаһыттар, культура үлэһиттэрэ, мин коллегаларым. Петр, Михаил, Валентин ырыа диэн муннукка ытаабыт дьон, өрүү ырыа-тойук аргыстаахтар, элбэх конкурс, фестиваль лауреаттара, кыайыылаахтара, призердара», — диэн кэпсээтэ А.Н. Болтунов.
Ахтыы киэһэ манан түмүктэммэтэ, ыалдьыттары итии чэйдээх, өлгөм астаах остуолга ыҥырдылар. Чэй иһэ-иһэ мустубут дьон өссө да өр олорон Петр Иванович бэйэтин, олоҕун, айымньыларын туһунан элбэҕи аҕыннылар, иһирэх тылынан истиҥник санаан ыллылар.